Доруобуйаларын хааччахтаммыт дьон — сэргэ Аан дойдутааҕы күнэ
Өрөспүүбүлүкэбитигэр доруобуйаларынан хааччахтаах дьон — сэргэ Аан дойдутааҕы күннэрин сыллата бэлиэтиир үтүө үгэскэ кубулуйда. Ахсынньы 3 күнүгэр Хачыкаат нэһилиэгэр «Сарыал» КК, доруобуйаларынан хааччахтаах дьонугар — сэргэтигэр, общественность болҕомтотун тардар, социальнай — культурнай олоххо кытыннарар, олоххо эрэл кыымын саҕар сыаллаах — соруктаах, үөрүүлээх тэрээһин буолан ааста.
Тэрэһиҥҥэ бастатан туран остуол оонньуутун оонньоотулар, иккиһинэн корнхол, үсүһүнэн мастер класс Артамонова Людмила Дмитриевна ыытта.
Күндү дьоммутун бүгүҥҥү доруобуйаларын хааччахтаммыт дьон — сэргэ күнүнэн эҕэрдэлиибит, баҕарабыт күүстээх санааны, олоххо тардыһыыгыт уҕараабатын, чугас дьоҥҥутун кытта олох устун тэҥҥэ хардыылаһан, олох кэрэтин, үтүөтүн, сырдыгын, дьолун билэн үйэҕит уһаатын, өрөгөйгүт үрдээтин!

























